Ханнык баҕарар кэмҥэ сөптөөх сүбэлэр
САНААН КӨРҮҤ: эһиги музейга экскурсияҕа кэлбиккит. Көрдөрөр саалалары кэрийэ сылдьан үгүс экспонаттар элэйбиттэрин, наһаа эргэрбиттэрин уонна хайа барбыттарын өйдөөн көрөҕүт. Сорохтор алдьанан бүтүннэрэ суох эбит. Арай, киһи сөҕүөҕүн курдук, биир экспонат олус үчүгэй туруктаах. Барыта ымпыгар-чымпыгар диэри көстөр эбит. «Бу хойукку кэминээҕи дуо?» — диэн музей үлэһититтэн ыйытаҕыт. «Суох, бу саамай былыргы үйэтинээҕи хаһан да саҥардыллыбатах экспонаппыт» — диэн кини хоруйдуур. «Ол аата олус харыстаан илдьэ сылдьыбыккыт буолуо» — диэн эһиги интэриэһиргээн ыйытаҕыт. «Суох,— диэбитэ экскурсовод.— Тыалтан да, ардахтан да харыстамматаҕа. Хара санаалаах дьоннор да элбэхтик буорту гына сатаабыттара». Итинник эппиэти истэн, эһиги сөҕөн ыйытыаххытын сөп: «Оччоҕо бу туохтан оҥоһуллубутай?»
Биибилийэни итинник дэҥҥэ көстөр экспонаты кытта тэҥниэххэ сөп. Биллэн туран, биһиги кэммитигэр атын да былыргы кинигэлэр тиийбиттэрэ. Ол гынан баран олор эргэрэн олус эмсэҕэлээбиттэр. Эбиитин онно суруллубут тулалыыр эйгэбит туһунан өйдөбүллэр аныгы чахчыга сөп түбэспэттэр. Онно бэриллибит эмтиир ньымалар доруобуйаҕа туһалыахтааҕар кутталлаах буолуохтарын сөп. Үгүс былыргы суруйуулар тобохторо эрэ хаалбыт. Оттон ордубута улаханнык буорту буолбут.
Ол эрээри Биибилийэ атын былыргы кинигэлэртэн ураты буолар. Төһө да бу кинигэ 35 үйэ анараа өттүгэр суруллан саҕаламмытын үрдүнэн, биһиги кэммитигэр диэри олох уларыйбакка тиийбитэ. Ол тухары бу кинигэни суох гына сатыыр этилэр — уматаллара, боболлоро уонна күлүү гыналлара. Ол да буоллар Биибилийэ барытын тулуйбута. Дьоннор наукаҕа саҥаны арыйдахтарын аайы Биибилийэ эргэриэхтээҕэр төттөрүтүн бэйэтин бириэмэтин быдан инникилээбитэ чопчу көстөр. («Устарела или же опередила свое время?» диэн араамканы көрүҥ.)
БИҺИЭХЭ НААДАЛААХ СҮБЭЛЭР
Баҕар эһиги ыйытыаххытын сөп: «Биибилийэ сүбэлэрэ аныгы олоххо туһалыахтарын сөп дуо?» Бу ыйытыыга эппиэттиир туһугар билигин дьон олоҕун ордук туох буортулуурун туһунан толкуйдуохха наада. Сэриилэр, айылҕаны киртитии, буруйу оҥоруу уонна коррупция диэн үгүстэр эппиэттиэхтэрэ. Аллараа суруллубут Биибилийэ сүрүн үөрэхтэрин ааҕан баран бэйэҕититтэн ыйытыҥ: «Дьоннор бу сүбэлэри тутуһан олороллоро буоллар аан дойду тупсуо этэ дуо?»
АТЫТТАРЫ КЫТТА ЭЙЭЛЭЭХ БУОЛУУ
«Эйэни тэрийээччилэр алгыстаахтар: кинилэр Таҥара уолаттара диэн ааттаныахтара» (Матфей 5:9). «Эһиги өттүгүтүттэн кыаллар буоллаҕына, дьону барытын кытта эйэ-дэмнээх буолуҥ» (Римляннарга 12:18).
АМАРАХ САНААЛААХ УОННА БЫРАСТЫЫ ГЫНАРГА БЭЛЭМ БУОЛУУ
«Амарах санаалаахтар алгыстаахтар: кинилэр амарах сыһыаны көрсүөхтэрэ» (Матфей 5:7). «Хардарыта үтүө сыһыаннаах, аһыныгас буолуҥ, Таҥара эһигини Христоһунан бырастыы гыммытын курдук, эһиги эмиэ бэйэ-бэйэҕитин бырастыы гыныҥ» (Эфесяннарга 4:32).
ДЬОНУ ОМУГУНАН АРААРЫЫТТАН БОСХОЛОНУУ
«Таҥара биир киһиттэн киһи-аймаҕы үөскэтэн сир көхсүн устун олохсуппута» (Апостоллар 17:26). «Таҥара кими да чорбоппот... хайа да норуокка Киниттэн толлор, кырдьыгы тутуһар дьону сөбүлүүр» (Апостоллар 10:34, 35).
СИРГЭ КЫҺАМНЬЫЛААХ СЫҺЫАН
«Айыы Тойон Таҥара киһини ылан быйаҥнаах сири бэрийдин уонна көрдүн-харайдын диэн Эдиэмҥэ олохсуппут» (Айыллыы 2:15). Таҥара «сир үрдүн имири эһээччилэри бэйэлэрин имири эһэр [кэмэ тиийэн кэлиэ]» (Арыллыы 11:18).
ИҤСЭНИ УОННА СОДУР БЫҺЫЫНЫ АБААҺЫ КӨРҮҮ
«Харам буолартан сэрэниҥ: киһи олоҕо төһө баайдааҕыттан тутулуга суох» (Лука 12:15). «Сибэтиэй дьон сиэринэн эһиэхэ ханнык да кирдээх, содур быһыы-майгы, иҥсэ-обот буолуу ахтыллыа да суохтаах» (Эфесяннарга 5:3).
ЧИЭҺИНЭЙ БЫҺЫЫ УОННА ҮЛЭНИ ТАПТААҺЫН
«Туохха да буоллун, барытыгар чиэһинэй буолуохпутун баҕара[быт]» (Еврейдэргэ 13:18). «Ким урут уорбут, ол аны уорбатын... бары күүһүн ууран үлэлээтин» (Эфесяннарга 4:28).
АТЫТТАРГА КӨМӨ
«Куттаҕастары уоскутуҥ, мөлтөхтөрү өйөөҥ, барыларыгар улуу тулуурдаахтык сыһыаннаһыҥ» (1 Фессалоникиецтарга 5:14). «Кыһалҕа кыһарҕана хаарыйар тулаайахтарыгар, огдооболоругар [көмөлөһүҥ]» (Иаков 1:27).
Ити кыһыл тыл эрэ буолбатах. Биибилийэ бу үөрэхтэри сыаналыырга уонна олоххо туттарга көмөлөһөр. Дьоннор бу үөрэхтэринэн олороллоро буоллар төһөлөөх элбэх кыһалҕаларын быһаарыа этилэрий! Көстөрүн курдук Биибилийэ сүбэлэрэ хаһааҥҥытааҕар да уһулуччу суолталаахтар. Ол эрээри Биибилийэ эһиэхэ күн бүгүҥҥүттэн хайдах көмөлөһүөн сөбүй?
БИИБИЛИЙЭ СҮБЭЛЭРЭ КҮН БҮГҮҤҤҮТТЭН КӨМӨЛӨҺҮӨХТЭРИН СӨП
Биир дириҥ өйдөөх киһи муударас дьыалаларынан бигэргэтиллэр диэн эппиттээх (Матфей 11:19). Ону кытта эһиги сөбүлэһэҕит дуо? Сүбэ төһө муударай буоларын түмүгэ көрдөрөр. Баҕар эһиги бу курдук саныаххытын сөп: «Биибилийэ оннук туһалаах кинигэ буоллаҕына, мин олоҕум хайаан да тупсуохтаах. Бу кинигэ мин кыһалҕаларбын хайдах быһаарыай?» Биир дьахтар холобурун көрүөххэйиҥ.
Ирина * олоҕо толору дьоллоох этэ. Онтон эмискэ бииртэн биир иэдээннэр буоланнар кини олоҕо тосту уларыйбыта. Бастаан кыыһа өлбүтэ. Онтон кэргэнэ арахсан баран хаалбыта. Эбиитин үп-харчы өттүнэн тиийиммэт буолбута. Ирина кэпсиир: «Мин оҕобун, кэргэммин, дьиэбин сүтэрэммин соҕотох туга да суох хаалбытым. Онтон сылтаан тугу эмит гынар, тугу эмит туолкуйдуур кыаҕа суох буолбутум».
Ирина Биибилийэ биир этиитэ кырдьык буоларын бэйэтин этинэн-хаанынан билбитэ: «Олохпут кэмэ биһиэнэ — сэттэ уон сыл, ордук тэтиэнэх буоллахпытына, аҕыс уон сыл; ону да күммүт-дьылбыт чээрэтэ — үлэ икки сүпсүк икки, түргэнник ааһар» (Саалтыыр 89:10).
Сотору кэминэн Ирина Биибилийэни үөрэтэн саҕалаабыта. Ол киниэхэ улахан көмө уонна быыһабыл буолбута. Биибилийэ дьиктилэри оҥорор кыахтааҕын уонна Биибилийэ сүбэлэрин тутуһуу олоҕу тосту уларытарын үгүс дьон бэйэлэринэн билбиттэрин туһунан аныгыскы ыстатыйалар көрдөрүөхтэрэ. Биибилийэ бу ыстатыйа саҕаланыытыгар кэпсэммит музейга баар дэҥҥэ көстөр экспонат курдук буолар. Ахсаана суох элбэх атын былыргы кинигэлэртэн Биибилийэ биллэ чорбойор. Ол биричиинэтинэн бу кинигэ баҕар олох атын «матырыйаалтан» айыллыбыта буолаарай? Бу кинигэҕэ дьон киэнэ буолбакка, Таҥара санаалара суруллубуттара диэҥҥэ кырдьык итэҕэйиэххэ сөп дуо? (1 Фессалоникиецтарга 2:13).
Киһи олоҕо кылгас уонна элбэх кыһалҕалаах диэни кытта эһиги сөбүлэһэргит буолуо. Ыарахан кэмҥэ эһиги сүбэни уонна өйөбүлү хантан көрдүүгүтүй?
Биибилийэ эһиэхэ тус бэйэҕитигэр хайдах көмөлөһүөн сөптөөҕүн билиэххэйиҥ. Итиэннэ билиэхпит бу кинигэ хайдах:
харыстыырын;
босхолуурун;
күүс биэрэрин.
Аныгыскы ыстатыйаларга Биибилийэ сүбэлэрэ олоххо хайдах көмөлөһөллөрүн туһунан билиэхпит.
^ Бу уонна аныгыскы үс ыстатыйаларга сорох ааттар уларытыллыбыттар.